108 ЫРЫА
Таҥара диэн таптал
(Исайя 55:1—3)
1. Таҥара диэн таптал.
Сыаналыыр хас биирдиибитин.
Таптыыр Уолун сиргэ ыытан,
Күндү хаанын толук биэрэн
Эрэли бэлэх ууммута,
Бараммат дьол суолун ыйда.
ХОС ЫРЫАТА
Утаппыт ким баҕар кэл,
Өлбөт мэҥэ уутун ис.
Утаххын босхо ханнар,
Таҥараны таптаа.
2. Таҥара диэн таптал.
Илгэлээх үтүөтэ көстөр.
Уолугар албан аат биэрдэ,
Килбиэннээх бүрүстүөлүгэр
Үйэлээх былаас туттарда.
Көрүҥ, Саарыстыба кэллэ!
ХОС ЫРЫАТА
Утаппыт ким баҕар кэл,
Өлбөт мэҥэ уутун ис.
Утаххын босхо ханнар,
Таҥараны таптаа.
3. Таҥара диэн таптал.
Кинини эмиэ таптыыбыт.
Көрсүө дьону үөрэтэбит
Кырдьыктаах, көнө буоларга.
Үтүө сураҕы кэпсиибит,
Тапталлаахтык ыҥырабыт:
ХОС ЫРЫАТА
Утаппыт ким баҕар кэл,
Өлбөт мэҥэ уутун ис.
Утаххын босхо ханнар,
Таҥараны таптаа.
(Ону таһынан Саал. 32:5; 56:11; Эф. 1:7 көрүҥ.)