101 ЫРЫА
Бииргэ үлэлиибит
(Эфесяннарга 4:3)
1. Биһигини бу дойдуттан
Иегова бииргэ түмэн
Биир иллээх кэргэн оҥорбут,
Тапталын көрдөрбүт.
Биир сомоҕо буолар
Күндү биһиэхэ.
Таҥара биэрбит соругун
Үөрэ-көтө толоробут,
Убайдарга истигэммит,
Бииргэ үлэлиибит.
2. Биир санаалаах олороммут
Эйэлээх, дьоллоох буоллубут.
Таҥара туһунан кэпсээн
Аатын аатырдабыт.
Күүспүтүн элбэтэр
Убайдыы таптал.
Бииргэ сиэттиһэн сылдьарга
Таҥара эйэни биэрэр.
Мэлдьитин Аҕабытыгар
Уруйу ыллыахпыт.
(Ону таһынан Мих. 2:12; Соф. 3:9; 1 Кор. 1:10 көрүҥ.)