01 УРУОК
Биибилийэ эһиэхэ хайдах көмөлөһүөн сөбүй?
Сороҕор биһиги бары олох уонна өлүү, итиэннэ кэлэр өттүгэр дьону туох күүтэрин туһунан толкуйданабыт. Биһигини ону таһынан үлэбитигэр уонна дьиэ кэргэммитигэр сыһыаннаах күннээҕи кыһалҕалар долгуталлар. Үгүстэр Биибилийэ олох сүрүн боппуруостарыгар эппиэттиирин уонна күннээҕи олоххо туһалааҕы сүбэлиирин билбиттэрэ. Эһиги санааҕытыгар Биибилийэ дьоҥҥо көмөлөһөрө буолуо дуо?
1. Биибилийэ ханнык ыйытыыларга эппиэттиирий?
Олох хайдах үөскээбитэй? Олох туох суолталааҕый? Тоҕо үчүгэй дьоннор эрэйдэнэллэрий? Өлбүт дьону туох күүтэрий? Дьоннор бары эйэлээх олоҕу баҕарар буоллахтарына, тоҕо сэриилэр буолалларый? Сири инники өттүгэр туох күүтэрий? Биибилийэ бу ыйытыыларга итэҕэтиилээхтик уонна толорутук хоруйдуур.
2. Биибилийэ күннээҕи олоххо хайдах көмөлөһөрүй?
Биибилийэ олохпут бары өттүгэр туһалаах сүбэлэри биэрэр. Холобур, бу кинигэҕэ дьиэ кэргэн хайдах дьоллоох буолуон сөбүн туһунан кэпсэнэр. Ону таһынан ыарахаттары туоруурга уонна үлэбитигэр үчүгэйдик сыһыаннаһарга үөрэтэр. Бу туһунан уонна өссө да элбэҕи Биибилийэни үөрэтэр куурустан билиэххит. «Суруйуулар барылара [Биибилийэҕэ суруллубут барыта]... туһалаахтар» диэн эһиги билиэххит (2 Тимофейга 3:16).
Бу таһаарыы Биибилийэни солбуйбат. Ол оннугар Таҥара Тылыгар интэриэһи тардар сыаллаах. Ол иһин эһигини бэлэмнэнэргит саҕана хас уруок аайы бэриллибит Биибилийэ хоһооннорун ааҕаргытыгар уонна ону бу кууруска тугу билбиккитин кытта тэҥнииргитигэр ыҥырабыт.
ДИРИҤНИК ХАСЫҺЫҤ
Биибилийэ сорох дьоҥҥо хайдах көмөлөспүтүн, Биибилийэ үөрэтиититтэн үөрүүнү хайдах ылыахха сөбүн уонна Биибилийэни үчүгэйдик билэр киһини кытта үөрэтэр тоҕо ордук буоларын билиҥ.
3. Биибилийэ хайдах сөпкө олорору көрдөрөн биэриэн сөп
Биибилийэни атахпыт анныгар уонна иннибитигэр туох баарын көрдөрөн биэрэр сырдык уоту кытта тэҥниэххэ сөп. Ол курдук бу кинигэ сөптөөх быһаарыныыны ылынарга уонна киһи-аймаҕы инники өттүгэр туох күүтэрин билэргэ көмөлөһөр.
Саалтыыр 118:105 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:
Бу тыллары суруйбут киһи Биибилийэҕэ хайдах сыһыаннаһар этэй?
Эһиги Биибилийэҕэ хайдах сыһыаннаһаҕытый?
4. Биибилийэҕэ эһиги ыйытыыларгытыгар эппиэттэр бааллар
Биир дьахтар өр сыллар тухары долгуппут ыйытыыларыгар эппиэттэрин Биибилийэттэн булбута. ВИДЕОНУ көрүҥ уонна эппиэттээҥ:
Бу дьахтары ханнык ыйытыылар долгуталлар этэй?
Биибилийэ үөрэтиитэ киниэхэ хайдах көмөлөспүтэй?
Биибилийэ бэйэтэ биһигини ыйытыылары көтөҕөрбүтүгэр ыҥырар. Матфей 7:7 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:
Эһиги Биибилийэттэн ханнык ыйытыыларга эппиэттэри билиэххитин баҕарыа этигитий?
5. Биибилийэ ааҕыытын сөбүлээҥ
Үгүс дьоннор Биибилийэни ааҕалларын сөбүлүүллэр. Ол кинилэргэ олус көмөлөһөр. ВИДЕОНУ көрүҥ уонна эппиэттээҥ:
Бу эдэр ыччаттар ааҕалларын сөбүлүүллэр дуо?
Кинилэр Биибилийэ ааҕыытыгар тоҕо атыннык сыһыаннаһалларый?
Биибилийэ уоскулаҥы уонна эрэли биэрэрин туһунан этэр. Римляннарга 15:4 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:
Эһиги уоскулаҥҥа уонна эрэлгэ наадыйабыт дии саныыгыт дуо?
6. Биибилийэни өйдүүргэ көмө наада
Биибилийэни бэйэҕит ааҕыаххытын сөп. Ол эрээри үгүстэр бэлиэтээн көрбүттэринэн, бу кинигэни үчүгэйдик билэр киһини кытта ырыттахха, быдан ордуктук өйдөнөр. Апостоллар 8:26—31 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:
Биибилийэни хайдах өйдүөххэ сөбүй? (30 уонна 31 хоһооннору көрүҥ.)
Эфиопияттан сылдьар киһи Таҥара Тылын өйдүүрүгэр көмөҕө наадыйар этэ. Үгүс дьоннор бэлиэтии көрөллөрүнэн, кинилэр Биибилийэни атыттары кытта ырыттахтарына, ордук үчүгэйдик өйдүүллэр
СОРОХТОР ЭТЭЛЛЭР: «Биибилийэни үөрэтэргэ бириэмэни ыытар туһата суох».
Ол туһунан эһиги туох дии саныыгытый? Быһаарыҥ.
СҮРҮН САНАА
Биибилийэҕэ олохпут араас өрүттэригэр туһалаах сүбэлэр уонна улахан суолталаах ыйытыыларга эппиэттэр бааллар. Ону таһынан бу кинигэ уоскулаҥы уонна эрэли биэрэр.
Хатылааһын
Эһиги Биибилийэттэн туох туһалааҕы булуоххутун сөбүй?
Биибилийэ ханнык ыйытыыларга эппиэттиирий?
Эһиги Биибилийэттэн тугу билиэххитин баҕарыа этигитий?
ЭБИИ МАТЫРЫЙААЛЛАР
Биибилийэ сүбэлэрэ билиҥҥи олоххо төһө сөп түбэһэллэрий?
«Ханнык баҕарар кэмҥэ сөптөөх сүбэлэр» («Харабыл башнята», № 1 2018)
Оҕо эрдэҕиттэн дьонтон толлор уонна кыбыстанньаҥ киһиэхэ Биибилийэ хайдах көмөлөспүтүн туһунан билиҥ.
Биибилийэ этэринэн дьиэ кэргэн дьоллоох буоларыгар туох нааданый?
«Дьоллоох дьиэ кэргэн 12 кистэлэҥэ» («Пробудитесь!», № 2 2018)
Бу аан дойдуну ким салайарын туһунан кырдьыгы Биибилийэттэн билиҥ.
«Биибилийэни үөрэтэр тоҕо нааданый?» (толору версията) (3:14)