Харабыл башнятын ОНЛАЙН-БИБЛИОТЕКАТА
Харабыл башнятын
ОНЛАЙН-БИБЛИОТЕКАТА
Сахалыы
Ҕ
  • Ҥ
  • ҥ
  • Ө
  • ө
  • Ү
  • ү
  • Ҕ
  • ҕ
  • Һ
  • һ
  • БИБЛИЯ
  • ТАҺААРЫЫЛАР
  • ВСТРЕЧИ
  • lffi 2 ур.
  • Биибилийэ эрэли биэрэр

Для этого отрывка видео нет.

Извините, при загрузке видео произошла ошибка.

  • Биибилийэ эрэли биэрэр
  • Билигин уонна үйэлэр тухары олохтон үөрүүнү ылыҥ! Биибилийэни үөрэтэн саҕалаа
  • Подзаголовки
  • Похожий материал
  • ДИРИҤНИК ХАСЫҺЫҤ
  • СҮРҮН САНАА
  • ЭБИИ МАТЫРЫЙААЛЛАР
  • Биибилийэ эрэли биэрэр
    Билигин уонна үйэлэр тухары олохтон үөрүүнү ылыҥ! Биибилийэни үөрэтэн саҕалаа
  • Христианскай эрэлгитин кытаанахтык тутуһуҥ!
    Харабыл башнята (үөрэтэргэ аналлаах таһаарыы) 2022
  • Биибилийэ эһиэхэ хайдах көмөлөһүөн сөбүй?
    Билигин уонна үйэлэр тухары олохтон үөрүүнү ылыҥ! Биибилийэни үөрэтэн саҕалаа
  • Эрэлгит хайаан да туолуоҕа!
    Харабыл башнята (үөрэтэргэ аналлаах таһаарыы) 2023
Смотреть больше
Билигин уонна үйэлэр тухары олохтон үөрүүнү ылыҥ! Биибилийэни үөрэтэн саҕалаа
lffi 2 ур.
2 уруок. Уһуга көстүбэт бурдук бааһынатын үрдүнэн күн тахсыыта.

02 УРУОК

Биибилийэ эрэли биэрэр

Бэчээттэммит таһаарыы
Бэчээттэммит таһаарыы
Бэчээттэммит таһаарыы

Бүгүн сир үрдүнэн барытынан дьоннор араас ыарахаттартан, кыһалҕалартан уонна санаа түһүүтүттэн эрэйдэнэллэр. Эһиги эмиэ олоххутугар ханнык эмэ кыһалҕаны көрсөргүт буолуо. Баҕар ыалдьар эбэтэр чугас киһигитин сүтэрбит буолуоххутун сөп. Ол иһин эһиэхэ маннык ыйытыы үөскүөн сөп: «Олохпут хаһан эмэ үчүгэй өттүгэр тупсуо дуо?» Биибилийэ этэрэ эһигини соһутуон сөп.

1. Биибилийэ ханнык эрэли биэрэрий?

Биибилийэ аан дойдуга бачча элбэх ыарахаттар тоҕо баалларын быһаарар уонна бу ыарахаттар сотору кэминэн суох буолуохтара диэн үчүгэй сонуну биллэрэр. Биибилийэ этэрэ эһиэхэ инникигэ кэскили уонна эрэли биэриэн сөп. (Иеремия 29:11, 12 ааҕыҥ.) Бу эрэннэриилэр оннооҕор билигин төһө даҕаны ыарахаттар баар буолбуттарын үрдүнэн, дьоллоох буоларбытыгар көмөлөһөллөр уонна инникитин биһигини үчүгэй олох күүтэр диэн кытаанах эрэли биэрэллэр.

2. Биибилийэ инники олох туһунан тугу этэрий?

Биибилийэ кэлэр өттүгэр «өлүү-сүтүү диэн аны суох буолуоҕа; энэлгэн, ытабыл-соҥобул, ыарыы эмиэ сүтүөҕэ» диэн эрэннэрэр. (Арыллыы 21:4 ааҕыҥ.) Бүгүҥҥү олохпутугар хаһан да быһаарыллыбат курдук ыарахаттар, холобура тиийиммэт буолуу, атаҕастабыл, ыарыылар уонна өлүү букатыннаахтык суох буолуохтара. Таҥара Тыла этэринэн дьоннор сиргэ ырай олоҕор үйэлэр тухары олоруохтара.

3. Биибилийэ эрэннэриилэригэр итэҕэли хайдах сайыннарыахпытын сөбүй?

Үгүс дьоннор үчүгэйгэ эрэнэллэр эрээри, ол барыта туолуо диэн этэр кыахтара суох. Оттон Биибилийэ эрэннэриилэрэ хайаан да туолуохтара. Өскөтүн эһиги Биибилийэни дириҥник чинчийдэххитинэ, ону бэйэҕит үчүгэйдик өйдүөххүт (Апостоллар 17:11). Бу куурус эһиэхэ Биибилийэ эрэннэриилэригэр итэҕэйиэххэ сөп дуу, суох дуу диэн быһаарынаргытыгар көмөлөһүөҕэ.

ДИРИҤНИК ХАСЫҺЫҤ

Таҥара Тыла инники өттүгэр туох буолуохтааҕын туһунан этэрин көрүҥ. Биибилийэ эрэннэриилэрэ билиҥҥи олоххо хайдах көмөлөһөллөрүн туһунан билсиһиҥ.

Коллаж: Дьон олорор билиҥҥи усулуобуйата уонна Биибилийэ эрэннэрэр инники олоҕо туох уратылаахтарын көрдөрөр ойуулар. Ойуулар аллараа хатыланаллар.

4. Биибилийэ биһиэхэ үйэлэр тухары саамай үчүгэй олоххо олоруоххут диэн эрэннэрэр!

Аллараа Биибилийэ сорох эрэннэриилэрэ суруллубуттар. Балартан эһиги ханныгын ордук сөбүлүү көрдүгүтүй? Тоҕо?

Хас биирдии эрэннэрии аттыгар баар Биибилийэ хоһооннорун ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Итинник эрэннэрии эһиэхэ наадалаах дии саныыгыт дуо? Оттон эһиги дьиэ кэргэҥҥит уонна доҕотторгут онно наадыйаллара буолуо дуо?

Бэйэҕитин маннык олоххо олороргутун санаан көрүҥ.

ТУОХ СУОХ БУОЛУОЙ:

ТУОХ БААР БУОЛУОЙ:

  • Ыарыы, кырдьыы уонна өлүү (Исайя 25:8).

  • Өлбүттэр сиргэ хаттаан олороору тиллиэхтэрэ (Иоанн 5:28, 29).

  • Ыарыылар, эт-сиин итэҕэһэ уонна эчэйиилэр (Исайя 33:24; 35:5, 6).

  • Бары эдэр уонна күүстээх-уохтаах буолуохтара (Иов 33:25).

  • Кырдьыга суох быһыыланыы (Исайя 32:16, 17).

  • Ас-үөл дэлэйэ, тупсаҕай дьиэ-уот уонна интэриэһинэй үлэ (Саалтыыр 71:16; Исайя 65:21, 22).

  • Сэриилэр уонна ол содуллара (Саалтыыр 45:10).

  • Иллээх-эйэлээх уонна куттала суох олох (Саалтыыр 36:11).

  • Ыар санаалар уонна урут буолбут куһаҕаны өйдүү сылдьыы (Исайя 65:17).

  • Олус кэрэ усулуобуйаҕа бараммат олох (Саалтыыр 36:29).

Урут ыалдьар уол билигин доруобай уонна ийэтин кууһар. Урут кырдьаҕас киһи билигин эдэригэр түспүт. Ойууга кини толору оҕуруот астаах тачканы анньан иһэрэ көстөр. Урут аччыктааһынтан уонна ыарахан үлэттэн эрэйдэммит оҕолор билигин үүнээйи олордоллор уонна футбол оонньууллар. Урут санаарҕаан бүк түһэн олорбут кыыс билигин көнөтүк турар уонна мичээрдиир.

5. Биибилийэ биэрэр эрэлэ олоҕу үчүгэй өттүгэр уларытар

Аан дойдуга баар ыарахаттар үгүс дьону хомотоллор уонна оннооҕор кыыһырдаллар. Сорохтор бу дойду олоҕун үчүгэй өттүгэр уларыта сатыыллар. Инники кэскиллээх олох туһунан Биибилийэ эрэннэриилэрэ дьоҥҥо бүгүн да көмөлөһөллөр. ВИДЕОНУ көрүҥ уонна эппиэттээҥ:

ВИДЕО: «Мин кырдьыга суох быһыыга утарыласпытым» (4:07)

Коллаж: «Мин кырдьыга суох быһыыга утарыласпытым» диэн видеоттан быһа тардыылар. 1. Рафика биир омуктаах дьонун кытта хлопок хомуйар. 2. Рафика Иегова Туоһуларын конгреһыгар бастакытын кэлэн, араас омук дьоно бэйэ-бэйэлэригэр үчүгэйдик сыһыаннаһалларын сөҕө көрөр.
  • Рафика ханнык кырдьыга суох быһыыттан абарар этэй?

  • Кырдьыга суох быһыы сүппэтэҕин да үрдүнэн, Биибилийэ үөрэтиитэ кинини хайдах уоскуппутай?

Биибилийэ эрэннэриилэрэ санаа түһүүтүн кыайарга уонна ыарахаттар баалларын да үрдүнэн, дьоллоох буоларга көмөлөһөллөр. Аман өс 17:22 уонна Римляннарга 12:12 ааҕыҥ уонна эппиэттээҥ:

  • Биибилийэ этэригэр итэҕэйдэххитинэ, олоххут тупсуо дуо? Тоҕо?

СОРОХТОР ЭТЭЛЛЭР: «Биибилийэ эрэннэриилэрэ остуоруйа олоҕун курдуктар».

  • Бу эрэннэриилэр кырдьык эбэтэр сымыйа буолалларын бэйэбит чинчийэн билэрбит тоҕо улахан суолталааҕый?

СҮРҮН САНАА

Биибилийэ эрэли биэрэр уонна ыарахаттарга сөпкө сыһыаннаһарга үөрэтэр.

Хатылааһын

  • Дьоннор Таҥара тугу эрэннэрэрин билэллэрэ тоҕо улахан суолталааҕый?

  • Биибилийэҕэ инники олох туһунан туох кэпсэнэрий?

  • Таҥара биэрэр эрэлэ оннооҕор бүгүн эһиэхэ хайдах көмөлөһүөн сөбүй?

Мин сыалларым

ЭБИИ МАТЫРЫЙААЛЛАР

Эрэл төһө күүстээҕин билиҥ.

«Эрэл. Ону хантан булуохха сөбүй?» («Пробудитесь!», муус устар 22 күнэ, 2004 сыл)

Үтүөрбэт ыарыылаахтарга инникигэ эрэл хайдах көмөлөһөрүн туһунан билиҥ.

«Биибилийэ үтүөрбэт ыарыылаах дьоҥҥо көмөлөһүөн сөп дуо?» (веб-ыстатыйа)

Бу музыкальнай видеону көрөргүт саҕана бэйэҕитин уонна аймахтаргытын ырайга баар курдук ойуулаан көрүҥ.

«Маннык буолуо диэн өйгөр ойуулаан көр» (3:37)

Биибилийэ биэрэр эрэлэ биир активист олоҕун хайдах уларыппытын туһунан ааҕыҥ.

«Мин билигин аан дойдуну уларытыахтаахпын дии санаабаппын» («Харабыл башнята», от ыйын 1 күнэ, 2013 сыл)

    Публикации на якутском языке (2000—2025)
    Таҕыс
    Киир
    • Сахалыы
    • Үллэстии
    • Настройкалар
    • Copyright © 2025 Watch Tower Bible and Tract Society of Pennsylvania
    • Туһаныы усулуобуйалара
    • Конфиденциальность политиката
    • Конфиденциальность настройката
    • JW.ORG
    • Киир
    Үллэстии